“ИИС АБЫЛАҤА” быыстапка улуус түмэлигэр турда 👏
🔸 Кулун тутар 27 кунугэр Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус түмэлигэр улууспут иһинэн тэриллэн үйэлээҕи уһанса, айар талааннаах дьону түмэн үлэлии – хамсыы сылдьар “Айар иис” куруһуок 10 сыллаах үбүлүөйүнэн Уус Алдан улууһун 1-гы Өспөх нэһилиэгин уус-уран оҥоһуктарын маастара, уран тарбахтаах Уһун Күөл бөһүөлэгин Далбар Хотуна Жиркова Варвара Петровна уустаан ураннаан оҥорбут оҥоһуктарын быыстапката үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Быыстапканы СӨ культуратын туйгуна, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Ульяна Ильинична Босикова алгыс тыл этэн арчылаан арыйда.
Тэрээһиҥҥэ 1-гы Өспөх нэһилиэгин Аҕа баһылыга Домотов Михаил Иннокентьевич, улуустааҕы үһүс саас оскуола координационнай сүбэтин чилиэнэ Павлова Мария Ивановна уонна Варвара Петровна биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ, аймах-билэ дьоно тоҕуоруһа мустан эҕэрдэ махтал тылларын анаатылар.
Быыстапкаҕа Варвара Петровна илиитин сылааһынан оҥорон таһаарбыт оҕуруонан үлэлэрэ, кыбытык тигиинэн, кылынан оҥоһуктара киэҥ көрүүгэ турда. “Кыбытык тигиинэн умсугуйан 2018 сылтан дьарыктаммытым, бу көрүҥҥэ бастакы үлэбинэн инньэлик буолар. Онтон сиэттэрэн араас паннолары, олбохтору, харысхаллары оҥорон таһаарбытым. Биир улахан үлэбинэн ат толору симэҕэ буолар, бу үлэбин икки сылтан ордук оҥорбутум” – диэн Варвара Петровна кэлбит ыалдьыттарга үлэлэрин билиһиннэрдэ. Мустубут дьон-сэргэ быыстапкаҕа турбут үлэлэртэн дьахтар сахалыы таҥаһын комплегын – халадаай ырбаахы, дьабака бэргэһэ, кытыылаах сон, үтүлүк, суумка, хаппар ураты тигиилэрин биһирии көрдүлэр.
Варвара Петровна араас улуус, республика быыстапкаларыгар кыттан кыайыылаах үрдүк аатын сүкпүтэ. Ол курдук, 2020 с. “Хотун олбох” республикатааҕы быыстапкаҕа 1 миэстэни, улуустааҕы “Кырадаһын кустуга” күрэххэ “Өбүгэ үгэһэ — үйэлэргэ” анал ааты ылары ситиспитэ.