4.01.19. Үүммут 2019 сылынан э5эрдэлээн Уһун-Күөл “Эдэр Саас” түмсүүтэ уонна “Аргыс” сынньалан киинэ Уус-Алдан Найахы нэһилиэгэр концертаатыбыт. Концертка кыттыыны ыллылар Улуустааҕы уонна Республикатааҕы КВН оонньуутун кыайыылаахтара-“Эс-style” квн хамаандата, “Сээркээн” көр-күлүү бөлөҕө уонна Уһун-Күөл талааннаах ыччаттара.